Баппаҕаайы нэһилиэгэр «Сүрэҕим баҕатынан» түмсүү СВО байыастарыгар сүҥкэҥ көмөнү оҥорор.
Ити туһунан түмсүү салайааччыта, М.А.Алексеев аатынан оскуола алын кылаастарын учуутала, дьахталлар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Ирина Жиркова кэпсээтэ:
— Биһиги «Сүрэҕим баҕатынан» түмсүүбүт иккис сылын үлэлиир. Биһиэхэ 6 киһи куруук сылдьан үлэлииллэр, кулууп үлэһиттэрэ, нэһилиэк кырдьаҕастара, дьиэ хаһаайкалара кэлэ-бара сылдьан көмөлөһөллөр.
Былырыын биһиги нэһилиэк олохтоохторуттан биирдии мөһөөҕү хомуйан таҥас атыылаһан 50 кээнчэ, 60 сирэйгэ кэтэр маллары, 25 көбүөр, 36 устуука аптечка тикпиппит, эмин-томун Бүлүүттэн киирэн атыыласпыппыт, 45 олбоҕу тиктибит. 100 устуука блиндаж чүмэчитин оҥорбуппут.
«Илии сылааһа» диэн тэрээһин ыытаммыт чэнчис буоларга туттуллар араас суунар пасталары, наскылары хомуйан икки дьааһыгы Бүлүүгэ ыыппыппыт. «Сахабулт» тэрилтэ «Сардаана» тэрилтэтиттэн таба тириитин кыырпаҕын ылан, 19 олбоҕу тиктибит.
Баппаҕаайы окуолатын оҕолоро дьиэтээҕи олохторун туһунан «Саллаакка сурук» тэрээһиҥҥэ кыттыстылар. Сиэлтэн атах таҥаһыгар угуллар угунньу тигэн ыыттыбыт, сиэли нэһилиэк олохтоохторо булан биэрбиттэрэ.
Быйыл «Саха сирин бойобуой дахталлларын» Дьокуускайдааҕы бибилэтиэкэҕэ баар түмсүүлэригэр бараммын үөрэнэн кэлэммин, икки да икки миэтэрэлээх маскировка сиэккэлэри оҥордубут. Дрон, тепловизор үөһэттэн кыайан көрбөт сиэккэлэрэ. Бойобуой бэрэбиэркэни ааспыт ньыманан оҥороммут, 10 устууканы ыыттыбыт. Уус оҥоһукка киирсэр, боростуой баайыы буолбатах, таҥас кыырпаҕын сиэккэ икки өттүттэн баайабыт. 34 төбөҕө кэтэр маскировка бэргэһэлэри нэһилиэк биэнсийэлээхтэрэ, дьиэ хаһаайкалара кэлэн тикпиттэрэ.
Дрон көрбөт сиэккэтин баайыыга нэһилиэк олохтоохторун көмөлөрүн бэлиэтэм этэ. Кырдьаҕастар эмиэ кылааттарын киллэрбиттэрэ. Сергей Николаев түүттэн ковриктары тикпитэ, блиндаж чүмэчитин оҥорууга сүбэ-ама биэрбитэ. Биир өрө тутар киһибит буолар.
Бойобуой испиискэлэри дьиэҕэ олорор хаһаайкалар дьиэлэригэр оҥорбуттара, 5-6 мүнүүтэтэ умайар испиискэ тыалга, ардахха умуллубат.
Инники былааммыт диэн 100 блиндаж чүмэчитин оҥоруохтаахпыт. Олохтоох дьаһалта өйөөн, баһылыкпыт Егор Николаев сүүрэн-көтөн матырыйаал булан аҕалбытын тигэбит. Кини кураанах армейскай душ матырыйаалын булан аҕалла. Быһа холоон 500 устууканы оҥоруохпут диэн былаанныыбыт. Окуопаҕа сылдьар дьон сотуннулар да нэдиэлэни быһа баанньыкка сылдьыа суохтарын сөп.
Кыайыы туһугар диэн бары күүс-көмө буола сылдьабыт!
Николай Куприянов.
Видео⬇️⬇️⬇️