Уһун ардах кэннэ бу нэдиэлэҕэ күн-дьыл туран биэрэн бөдөҥ хаһаайыстыбалар звенолара, биирдиилээн моой отчуттар оттооһуҥҥа туруннулар. Бүгүҥҥү күҥҥэ ходуһаҕа барыта биир тыһыынча кэриҥэ отчут сүөһүлэрин кыстыгын туоратар оту бэлэмнии сылдьар.
Былырыыҥҥы сыл туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ, оту бэлэмнээһин хаалан иһэр. Ол төрүөтүнэн уһун ардахтар буолбуттара саарбаҕа суох.
От ыйын 27 күнүн туругунан, Бүлүү улууһун ходуһаларыгар барыта 1420 гектар сир охсулунна, 903 т от кэбиһилиннэ. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 118 т оту, бааһынай хаһаайыстыбалар, урбаанньыттар 145 т, кэтэх хаһаайыстыбалар 612 т оту кэбистилэр.
Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан “Кыргыдай” кэпэрэтиип 90 т, “Ампаардаах” ХЭУо 28 т оту чөкөттүлэр.
Нэһилиэктэр кэтэх хаһаайыстыбалара ордук элбэх оту кэбистилэр. Чочуга 156 т, Тылгыныга 180 т, I Күүлэккэ 100 т оту бэлэмнээтилэр.
Быйыл Бүлүү улуһун ходуһаларыгар от үүнүүтэ үчүгэй, ардах эрэ түспэтэр.
Николай Куприянов,
Юрий Спиридонов фотота.


