Чочуга урукку «Аржаков» совхоз отделениелара көрүстүлэр

Ааспыт нэдиэлэҕэ Чочу нэһилиэгэр саха норуотун саргытын салайсыбыт чулуу уола, биллиилээх судаарыстыбаннай деятель Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах көрсүһүү-күрэх буолан ааста. Манна Чочу, Өкүндү, Бөтүҥ, Чинэкэ нэһилиэктэрэ кыттыыны ыллылар.

Кыадаҥдаҕа ыытыллыбыт «Нэһилиэкпит сайдыыта — бэйэбит илиибитигэр» диэн дьыалабыай оонньууга 1 миэстэни — Өкүндү, иккиһи — Чинэкэ, үсүһү — Бөтүҥ хамаандалара ыллылар.

Киэһэ өттүгэр Чочуга «Ахтылҕаннаах ааспыт кэм» диэн урукку агитбиригээдэ кэнсиэртэригэр дьүөрэлии эмиэ биир сэргэх күрэхтэһии ыытылынна. Манна Чинэкэ хамаандата — 1 миэстэ, өкүндүлэр — иккис, чочулар — үһүс миэстэ буоллулар.

«Аржаков» совхоз отделениеларын көрсүһүүтэ ситим быстыбатын, урукку үтүө үгэстэр умнуллубаттарын кэрэһэлиир.

Олох суола.

Читайте дальше