Тимофей Иванов: «Степан Аржаков саха автономиятын төрүттэспитин билинэр буоллулар!»

Степан Максимович Аржаков төрөөбүт күнүгэр — сэтинньи 9 күнүгэр Бүлүү куоратыгар кини аатын сүгэр саҥардыллыбыт искибиэргэ тэриллибит миитиҥҥэ улуустааҕы быыбар хамыыһыйатын салайааччы, Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин э.т. Тимофей Иванов Саха сирин автономиятын турууласпыт биир дойдулаахпыт туһунан киһи-өйүгэр санаатыгар түһэр этиини оҥордо.

Кини Степан Максимович Аржаков сүрүн үлэтин, кинини билинэр буолбут төрүөттэрин бу курдук кылгастык билиһиннэрдэ:

— Судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, саха автономиятын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Степан Максимович Аржаков быйыл төрөөбүтэ 125 сылыгар сөп түбэһиннэрэн,Бүлүү улууһугар 2024 сыл Степан Аржаков сылынан биллэрилллибитэ. Кини автономияны тэрийиигэ, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбата атаҕар турарыгар улахан суолталаах үлэни ыыппытын туһунан урукку кэмнэргэ барыта сурах-садьык курдук этиллэрэ, салалта өттүттэн суолта бэриллибэтэ.

Кэнники кэмнэргэ кини аатын тилиннэрэргэ улуус баһылыга Сергей Винокуров лаппа ылсан, архыып, мусуойдар үлэһиттэрэ күүскэ турунан үлэлээбиттэрин түмүгэр Степан Аржаков саха автономиятын тэриллиитигэр, саха судаарыстыбаннаһа, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ архыып докумуоннарыгар олоҕуран дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдилиннэ.

Бастакытынан, кини Москубаҕа сылдьан атын сирдэргэ автономияны тэрийии боппуруоһа турбутун билэн-көрөн баран, саха автономиятын тэрийэр туһунан Сталиҥҥа сурук суруйбута, Былатыан Ойуунускайга, Максим Аммосовка саха автономията тэриллиэхтээх диэн ыыппыт телеграммата история чахчыта буолара архыыпка баар. Москубаҕа олорон автономияны тэрийиигэ анаан-минээн хоннохтоох үлэни ыыппыта эмиэ чахчы буолар.

Степан Аржаков кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирин автономиятын төрүттэспит Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исиидэр Бараахабы кытта аата ааттаныахтааҕа билиннэ, кинини билинэр, аатын ааттыыр буоллулар.

Иккиһинэн, оройуон  Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин Степан Аржаков 18 саастаах сылдьан Бүлүү уокуругар кэлэн дойдутугар бастакынан Саха сиригэр народнай депутаттар Сэбиэттэрин, быыбары ыытан норуоттан депутаттары талыыны тэрийбит чахчытын билиһиннэрбитэ. Норуот бэрэстэбиитэллэрэ былааһы салайыахтаахтар диэн Степан Аржаков эппитэ докумуоннарга көстө сылдьар.

Гаврил Корякин тэрийиитинэн 5 улуус депутаттара бастакы Сэбиэт тэриллиитин 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиттэрэ.

Үсүһүнэн, Дьокуускайга сири хайдах түҥэтэбит диэн мунаахсыйар кэмнэригэр, кини Орто Бүлүүттэн саҕалаан туох баар сүөһүлээх-астаах дьоҥҥо сири түҥэппитэ.

Төрдүһүнэн, кэлиҥҥи кэмҥэ кини НКВД салайааччытынан үлэлии сылдьан Амманы босхолоспута архыыптан көһүннэ. Степан Аржаков ити кэминээҕи салайааччылартан бастакынан саа-саадах тутан сэбиэскэй былааһы көмүскэспит киһи буолара билиннэ. НКВД-га үлэлии сылдьан, 1200 киһини бандьыыттар диэбэккэ өрө турааччылар диэн ааттыырга дьаһал таһааран, күөгэйэр күннэригэр сылдьар саха дьонун амнистияҕа түбэһиннэрбитэ эмиэ история чахчыта. Ити кэмҥэ аҕыйах ахсааннаах саха омугар Степан Аржаков тугунан да этиллибэт үтүөнү оҥорбута.

Бэсиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын салаатын салайа сылдьан бастакынан МТС-ры тэрийбитэ, сүүһүнэн тыраахтардары аҕалан бурдук ыһыытын ыыттарбыта. Ити эмиэ бастакы улахан хамсаныы буолар.

Ас-үөл наркоматын салайа сылдьан кини бастакынан дойду салалтатыгар Хотугу муустаах муоранан таһаҕаһы таһыыны тэрийиэххэ диэн боппуруоһу көтөхпүтэ. Билигин Владимир Путин ыйааҕынан Севморпуть сайдан ахан эрэр, 10-ча ледокол тутулунна, ол иһигэр «Якутия» диэн мууһу хайытан айанныыр хараабыл ууга түһэрилиннэ. Степан Аржаков эдэр сааһыгар сылдьан кэскиллээҕи өтө көрбүтэ, дьаһал ылбыта киһини эрэ сөхтөрөр.

Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар улуус салалтата, архыып, мусуой, улуус уопсастыбаннаһа күүстээх үлэни ыыппыттарын түмүгэр кини Саха АССР төрүттэниитигэр, сайдыытыгар киллэрбит кылаата докумуоннарга олоҕуран итэҕэтилиннэ уонна киэҥ өйдөбүл баар буолла.

Урут Бүлүүгэ тэриллибит мунньахха биир улахан салайааччы кини үлэтин-хамнаһын үөрэтэн баран сыанабыл биэриэхпит диэн этиитин эт кулгаахпынан истэн турабын. Үөрэтии ыытылынна, чахчы дакаастанна, сөптөөх сыана бэрилиннэ, улуус уопсастыбаннаһа Бүлүүттэн төрүттээх судаарыстыбаннай диэйэтэллэри дьоһуннаахтык кэриэстиири туруорсар, эрэнэр!

«Олох суола».

Читайте дальше