“Кэскил” оҕо киинигэр “Няшки-модняшки” муода күрэҕэ ыытылынна

Сэтинньи 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо саас сылыгар уонна доруобуйаларыгар хааччаахтаах оҕолор декадаларын чэрчитинэн Н.И. Протопопова аатынан “Кэскил” оҕо киинигэр уһуйаан оҕолоругар аналлаах “Няшки-модняшки” муода күрэҕэ ыытылынна.

Бүгүҥҥү тэрээһини “Сардаана” оҕо садын иитиллээччилэрэ  Саввинов Дьулуур уонна Кырбасов Коля “Это хорошо” ырыанан арыйдылар.

Бүлүү улууһун дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Анна Лущевская уонна С. М. Аржаков аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр Бүлүүтээҕи  киин дириэктэрин солбуйааччы Анна Анисимова оҕолору, төрөппүттэри кэлбит ыалдьыттары эҕэрдээтилэр, тыл эттилэр.

Муода күрэҕэ 3 көрүҥҥэ ааста:

1.Сахалыы таҥас;

2. Кыргыттарга “Хаар оһуора”, уолаттарга “Байанай” авангарднай муода; 

3). Мааны таҥас.

10 оҕо уһуйааныттан уопсайа 20 оҕо кыттыыны ылла, кып-кырачаан оҕолор подиум устун хаамсан, күн-күбэй ийэлэр уран тарбахтарынан тикпит, оҥорбут таҥастарын, сыанаҕа тутта-хапта сылдьалларын дьүүллүүр сүбэҕэ, кыттааччыларга, ыалдьыттарга көрдөрдүлэр.  

Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Васильева Александра Николаевна, Бүлүү улууһугар нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлигэр уонна үлэҕэ управлениетын сүрүн исписэлииһэ, Мальцева Екатерина Егоровна,  “Кэскил” интеллектуальнай-творческай киин эбии үөрэхтээһинин педагога, “Ай-тик” куруһуогун салайааччыта, Николаева Наталья Петровна, С.М. Аржаков аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр Бүлүүтээҕи  киин исписэлииһэ буоланнар  бары биир санаанан түмүк таһаардылар.

Бастакы көрүҥҥэ сахалыы таҥаска куба курдук кыраһыабай, кыталык курдук нарын, күн уотун курдук мичээрэр, сулус курдук умайар, кэрэчээн кыргыттарга:

1)​ Варламова Ангелина-«Веселые нотки” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта Колтовская Марианна Петровна- 1 истиэпэннээх лауреат;

2)​ Курбатова Амелия -“Туллукчаан” оҕо уһуйааныттан, салайааччылара Кононова Маргарита Марковна, Народова Лариса Михайловна – 2 истиэпэннээх лауреат;

3) Иванова Кристина — «Алмазик” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта Иванова Мария Александровна-3  истиэпэннээх лауреат;

4) Максимова Айыына — “Аленушка” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта Максимова Юлия Евгеньевна-3  истиэпэннээх лауреат.

Одунтан оҥоһуулаах, чыҥыстан ыйдарыылаах саха саарыннарын, эмдэй-сэмдэй, оторой-моторой уолаттарга:

1)Богданов Даниил — “Сардаана” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта Парникова Сандаара Гаврильевна-1 истиэпэннээх лауреат;

2)​ Иванов Гаврил – “Аленушка” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта  Иванова Ирина Владимировна-2 истиэпэннээх лауреат;

3)​ Никифоров Эрэл- “Бүлүүчээнэ” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта Егорова Мираида Валерьевна-3  истиэпэннээх лауреат.

Авангард муода “Хаар оһуордара”:

1)​ Осипова Айсиэна — “Кустук” оҕо уһуйааныттан, салайааччылара Шамаева Лена Федоровна, Филиппова Айыллаана Николаевна,  Колтовская Анжелика Елисеевна-1 истиэпэннээх лауреат;

2)​ Егорова Регина- “Солнышко” оҕо уһуйааныттан, салайааччылара Афанасьева Парасковья Васильевна, Софронеева Сардана Васильевна -2 истиэпэннээх лауреат;

3)​ Васильева Василиса- “Кустук “оҕо уһуйааныттан,  салайааччылара Афанасьева Сардана Степановна, Ионова Алина Ионовна- 3  истиэпэннээх лауреат;

4)​ Степанова Вилена- “Веселые нотки” оҕо уһуйааныттан, салайааччыта Сивцева Надежда Афанасьевна- 3  истиэпэннээх лауреат.

Авангард муода ”Байанай”:

1)​ Степанов Лев — “Бүлүүчээнэ” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта Макарова Надежда Викторовна- 1 истиэпэннээх лауреат;

2)​ Васильев Арылхан — “Аленушка” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччылара Петрова Галина Еремеевна, Протопопова Ирина Вячеславовна-2 истиэпэннээх лауреат;

3)​ Абрамов Радомир – “Кустук” оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ, салайааччыта Николаева Анастасия Александровна-3 истиэпэннээх лауреат.

Үһүс көрүҥҥэ “Мааны таҥаска”

Нарын-намчы кыргыттарга:

1)​ Васильева Күнчээнэ –«Алмазик»- оҕо уһуйааныттан, салайааччыта Иванова Мария Александровна-1 истиэпэннээх лауреат;

2)​ Винокурова Алиса — “Веселые нотки” оҕо уһуйааныттан, салайааччыта Петрова Степанида Андреевна-2 истиэпэннээх лауреат;

3) Васильева Соня –«Биһикчээн»- оҕо уһуйааныттан, салайааччылара Константинова Саргылана Егоровна, Осипова Алена Егоровна- 3 истиэпэннээх лауреат.

Мааны уолаттарга:

1)​ Корякин Богдан- “Сулусчаан” оҕо уһуйааныттан, салайааччыта Корякина Василина Васильевна-1 истиэпэннээх лауреат;

2)​ Саввинов Ньургустаан- “Сардаана” оҕо уһуйааныттан, салайааччыта Парникова Сандаара Гаврильевна-2 истиэпэннээх лауреат;

3) Катанов Арылхан — “Туллукчаан” оҕо уһуйааныттан, салайааччылара Кононова Маргарита Марковна, Народова Лариса Михайловна — 3 истиэпэннээх лауреат.

Няшки-модняшки” муода күрэҕэр кыттыбыт оҕолорбутугар баҕарыа этибит ыраас халлааны, чэгиэн чэбдик доруобуйаны, өссө да үрдүк ситиһиилэри!

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут «Кэскил» оҕо киинин дириэктэригэр Васильева Саргылаана Алексеевнаҕа уонна исписэлиистэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бука барыгытыгар сырдык эрэ сыдьаайдын,  дьол эрэ тосхойдун!

Сиргэ төрөөн, олук үктээн,
Иннин диэки баран иһиий!

Дьоҥҥун үөрдэ күнүн-түүнүн

Дьоллоох буола улаатыый!

Дьоллоох оҕо сааһы,

Чаҕыл күннээх ыраас халлааны!

Саргыяна Николаева, С.М. Аржаков аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр Бүлүүтээҕи  киин логопеда.

Читайте дальше