Тааһаҕарга “Олохтуун тэҥҥэ” спартакиада тэрилиннэ

Аҕыйах хонуктааҕыта Тааһаҕарга Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, Бүлүү улууһугар Г.И.Чиряев, Тааһаҕар нэһилиэгэр Оҥорон таһаарыы сылларыгар аналлаах Орто Бүлүү түөлбэтин нэһилиэктэрин доруобуйаларынан хааччахтаах олохтоохторун “Олохтуун тэҥҥэ” спартакиадалара бэрт сэргэхтик ыытылынна.

Спартакиада үөрүүлээх арыллыытыгар Н.Н.Каратаев аатынан оскуола спортивнай саалатыгар Арыылаах, Тааһаҕар, Бороҕон нэһилиэктэрин хамаандалара хааман киирдилэр. Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга Семен Каратаев, Арыылаах нэһилиэгин баһылыга Афанасий Тимофеев эҕэрдэ тылларыгар спартакиада кыттыылаахтарыгар ситиһиилэри баҕардылар.

Хамаандалар дартс көрүҥэр оноҕоһу быраҕыыга, дуобакка, пневматика саанан ытыыга, хабылыкка, хаамыскаҕа, «Көрдөөх стартарга» куоталастылар.
Дарст көрүҥэр, хабылыкка, хаамыскаҕа куоталаһыыга Тааһаҕар хамаандата бастаата, пневматика саанан ытыыга, дуобакка хампалар инники таҕыстылар.
«Көрдөөх стартарга» Хампа хамаандата 1 миэстэни, Бороҕон – 2, Тааһаҕар — 3 миэстэлэри ыллылар.
Күнүс саха балаҕаныгар сандалы остуол тула ырыа, тойук, оонньуу тэрилиннэ, эҕэрдэ ырыалар ылланнылар.
Спартакиада культурнай күрэҕэр кыттааччылар талба талааннарын, дьоҕурдарын билиһиннэрэн куоталастылар.
“Биир хаартыска историята” диэн сонун быыстапка туруоран сэдэх хаартыскалары аҕалан кэпсээтилэр. Бу түһүмэххэ Бороҕонтон Иннокентий Колтовской кыайыылаах буолла, 2 миэстэни Хампаттан Анастасия Боронова , 3 миэстэни Тааһаҕартан Зинаида Петрова ыллылар.
«Патриотическай ырыа» түһүмэҕэр Бороҕонтон Ульян Бусель бастаата, Тааһаҕартан Егор Ефремов 2 миэстэни , Хампаттан Иван Евсеев 3 миэстэни ыыллылар.
«Көрдөөх сценкаҕа» хампалар бастаатылар.
«Кыайыы муодата» түһүмэххэ Тааһаҕартан Мария Иванова, Дмитрий Николаев кыайыылааҕынан ааттаннылар, 2 миэстэни Хампаттан Оксана Павлова, Иван Евсеев ыллылар.
“Олохтуун тэҥҥэ” спартакиада түмүгүнэн Хампа хамаандата 1 миэстэни, Тааһаҕар — 2, Бороҕон – 3 миэстэни ыллылар.
Спартакиада кыттыылаахтара модун санааны, самныбат саргыны, дьулууру, тулууру көрдөрдүлэр.
Хампа, Бороҕон, Тааһаҕар хамаандалара, Тааһаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын, «Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтин, Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын, «Мичээр» оҕо саадын, ОДьКХ кэлэктииптэрэ спартакиадаҕа бэртээхэй бириистэри туруордулар.
Бука бары күүс-көмө буолбут дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Ульяна Григорьева,
Тааһаҕар.

Читайте дальше