Бүгүн Бүлүү улууһа халаан уутун содулуттан 24 нэһилиэнньэлээх пуунуттан 16 эмсэҕэлээбит Нам улууһугар икки УАЗ масыына гуманитарнай көмөнү ыытта.
Бүлүү куоратын Саха балаҕаныгар көхтөөх уопсастыбанньыктар: Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта Мария Томская, кини солбуйааччыта Елена Сивцева, «Алаһа» түмсүү салайааччыта Екатерина Алексеева, «Стимул» түмсүү кыттыылааҕа Валентина Кононова, I Күүлэттэн Валентина Захарова күннэрин-дьылларын аахсыбакка туран, хас да күн улуус олохтоохторо, урбаанньыттар ис санааларыттан халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһөр соруктаах аҕалбыт гуманитарнай көмөлөрүн туттулар, наардаатылар. Ити элбэх үлэттэн тахсара биллэр.
Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта Мария Томская көмө пуунун үлэтин туһунан бу курдук кэпсээтэ:
— Ыам ыйыгар 18 күнүгэр Нам, Өлүөхүмэ улуустарын олохтоохторо сааскы халан уутуттан эмсэҕэлээбиттэрэ Саха сирин дьонун-сэргэтин улаханнык долгутта. Бүлүү улууһун дьаһалтата улахан иэдээҥҥэ түбэспит улуустарга көмөлөһөр сыалтан Бүлүү куоратыгар суһал көмө оҥорор пууну Чапаев уулусса 20 «б» нүөмэригэр баар Саха балаҕаныгар тэрийдэ.
Көмөнү тутар пууҥҥа уопсастыбаннай түмсүүлэр кыттыылаахтара 5 буолан сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри тохтобула суох үлэлээтибит. Нам улууһун олохтоохторун иэдээнин чугастык ылынан күүс-көмө оҥорон, өйөбүл буолан улуус олохтоохторо, уопсастыбанньыктар, урбаанньыттар күннэтэ туттуллар малы-салы, утуйар, кэтэр таҥаһы, уһуннук харайыллар аһы-үөлү: макарон оҥоһуктары, рис, саахар, бурдук аҕаллылар. Итини таһынан биирдиилээн дьон, урбаанньыттар харчынан көмөнү анал счекка ыыталлар.
Хомуллубут малы-салы, аһы-үөлү Дьокуускайдааҕы көмө оҥорор пууҥҥа илдьэн туттарыахпыт, Намҥа тиийэр санаалаахпыт.
Ити курдук, Бүлүү улууһун олохтоохторо халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун дьонугар-сэргэтигэр ыарахан кэмнэригэр күүс-көмө, өйөбүл буолаллар. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!
Николай Куприянов.