Бүлүүгэ саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр

Бүлүү куоратыгар олоҥхоһут В.О.Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ күннэригэр араас көрдөөх-нардаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар. Ол туһунан Н.И.Ылахова аатынан «Алгыс» национальнай- культурнай киин уус-уран салайааччыта Августина Евсеева маннык билиһиннэрэр:

— Саҥа дьыллааҕы тэрээһиммитин оҕолорго утренниктарынан саҕалаабыппыт. Ол кэнниттэн сыл аайы аҕам саастаах дьоммутугар анаан «Харыйа тула» тэрээһиммитин быйыл эмиэ өрө көтөҕүллэн туран ыыттыбыт. Айан ырааҕын аахсыбакка, Бөтүҥтэн Ирина Петровна Прокопьева, Чинэкэттэн Быкалыровтар уо.д.а. Олоҥхо дьиэтигэр күндү ыалдьыт буоллулар, оонньууга, көргө-нарга көхтөөхтүк кытыннылар.
Бу киэһэ көрдөөх-нардаах клоуннарбыт күрэххэ кыттан, араас оонньуулары оонньоттулар, кэлбит дьону үөртүлэр-көтүттүлэр. Ол курдук клоуннарынан буоллулар: Надежда Парникова, Раиса Петрова, Ксения Семенова, Татьяна Евсеева, Анатолий Софронеев. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр анал номинациялар ананнылар. Сыл бастыҥ клоунун аатын Надежда Парникова ылла.
Ыалдьыттарбыт оонньууларга барытыгар көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук Чинэкэттэн 85 саастаах Дария Павловна Боронова бэйэтэ суруйбут хоһоонун, көрдөөх кэпсээнин бар дьонугар анаата. Бүлүү к.олохтооҕо Дмитрий Тарасович Иванов бэйэтин архыыбыттан 60-70 сыллардаахха уһуллубут ырыаларынан дьон-сэргэ астына үҥкүүлээтэ, урукку патефоҥҥа пластинканы туруоран ыллатан ааспыт сылларын санаатылар.
Елена Каменева дьоро киэһэни киэргэтэн хас да ырыаны бэлэх уунна. СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Туласынов баяҥҥа доҕуһуолунан дьон- сэргэ астына үҥкүүлээтэ. Халбаакыттан Светлана Петрова оһуокай тылын таһааран, Олоҥхо дьиэтигэр оһуокай түһүлгэтэ төрүттэннэ.
Бу тэрээһини дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн кэргэмминээн Матвей Дорофеевичтыын иккиэн салайан ыыттыбыт.

Аны тохсунньу 11 күнүгэр М.Н.Жирков аатынан культура Дыбарыаһыгар түмүктүүр бал- маскарадка көрсүһүөхпүт.

«Харыйа тула» тэрээһиммитигэр кэлэн кыттыбыт бар дьоммутугар барҕа махтал буоллун!
IMG_1144 IMG_1147

Муза Федорова.

Читайте дальше