Тылгыныга Сомоҕолоһуу күнэ Степан Аржаковка ананна

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ биһиги, модун Арассыыйа сүүһүнэн ахсааннаах норуоттара, биир сомоҕо буолан бары уустуктары этэҥҥэ туораан судаарыстыбаны бөҕөргөппүппүтүн кэрэһэлиир, дойдубут үгүс үйэлээх устуоруйатын ытыктыырбытын биллэрэр улуу бырааһынньыкпыт буолар. Бу күн Тылгыны нэһилиэгэр «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр биир дойдулаахпыт уһулуччулаах судаарыстыбаннай деятель Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах олус дириҥ ис хоһоонноох, историческай суолталаах киэһэ буолан ааста.

Степан Аржаков- Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха сирин автономиятын оҥорсубут, Саха сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, бүлүүлэр тумус туттар, улахан буукубаттан суруллар чулуу киһибитигэр Сомоҕолоһуу күнэ ананна. Ол курдук , «Аржаков-саха чулуу уола» диэн «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ устубут документальнай киинэтин көрдөрүүттэн саҕаланна. Киинэ олус дириҥ ис хоһоонноох, көрөөччүнү бэйэтигэр тардар ураты күүстээх эйгэлээх. Бу кэнниттэн «Үйэлэргэ умнуллубат Степан Аржаков» диэн кини олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар, дьиэ кэргэнигэр сыһыаннаах тургутук-күрэх ыытылынна. Нэһилиэк олохтоохторо Степан Аржаков туһунан элбэҕи билэллэр эбит диэн сэмээр сэмэйдик астынныбыт. Тургутукка, сөптөөх эппиэти биэрбит кыттааччы утары бириис тутан үөрдэ-көттө. Чахчыта даҕаны, улууспут чулуу киһитин устуоруйатын билэр биһиги ытык иэспит буоллаҕа!
Тылгыныбыт нэһилиэгэр араас тэрилтэлэр тиһиктээхтик үлэлииллэр, нэһилиэкпит сайдарын туһугар сэмэй кылааттарын күннэтэ киллэрэллэр. Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ И.Н.Ханды аатынан орто оскуола, «Күнчээн» оҕо уһуйаанын, нэһилиэкпит тэбэр сүрэҕэ -олохтоох дьаһалта уонна кыра тэрилтэлэр холбоһуктаах хамаандалара, «Кинини бириэмэ талбыта» диэн музыкальнай -литературнай композиция күрэһигэр ситиһиилээхтик кыттан дьоро киэһэни киэргэттилэр.

Бу агит-бригадалар сэбиэскэй кэм тэрээһиннэрин биир саамай чаҕылхай түгэннэрин тэрилтэлэр көрдөрдүлэр. Киэһэни бастаан олохтоох дьаһалта уонна кыра тэрилтэлэр холбоһуктаах хамаандалара саҕалаатылар. Степан Аржаков уонна кини биир санаалаах доҕотторо Исидор Барахов, Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай уобарас быһыытынан көһүннүлэр. Сценарий олус үчүгэй, устуоруйа сиһилии суруллубут, бэл, биһиги Тылгыныбытыгар сыһыаннаах түгэн баарыттан барыбыт долгуйдубут. (Сценарийы Васильева Х.Д. суруйбут).
Таҥас-сап өттө уонна уобарастарын арыйыылара кыратык кыаллыбатах. Хоһоон ааҕыыта, үҥкүү киллэрэн биэрбиттэрэ көрөөччүнү сэҥээртэ. Иккиһинэн, «Күнчээн» уһуйаан кэлэктиибэ агит-биригээдэ буолан көрдөрдүлэр. Быыһыгар ыллаан, саҥаран-иҥэрэн сыалларын ситэргэ холоннулар. Таҥас-сап уобарастарыгар барсыста. Сценарий арыый итэҕэс. Үсүһүнэн,И.Н.Ханды аатынан Тылгыны орто оскуолатын кэлэктиибэ сыанаҕа тахсан Сэбиэскэй Сойуус саҕанааҕы кэми итэҕэтиилээхтик көрдөрдө. Сценарий олус табыллыбыт , туруоруу олус үчүгэй. Чахчы даҕаны дьиҥнээх Степан Аржаков саҕанааҕы кэми оскуола үлэһиттэрэ чаҕылхайдык оонньоотулар. Таҥас-сап, атрибуттар сыанаттан олус үчүгэйдик көһүннэ. Быыһыгар ыллаан-туойан, үҥкүүлээн көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр. Уопсай түмүккэ, үһүс миэстэни «Күнчээн» оҕо уһуйаана ылла, салайааччы Самсонова Л.В., иккис миэстэҕэ олохтоох дьаһалта уонна кыра тэрилтэлэр холбоһуктаах хамаандалара, салайааччы Васильева Х.Д. уонна бочуоттаах бастакы миэстэни И.Н.Ханды аатынан Тылгыны орто оскуолата ылыан ылла. Хамаандалар дипломунан уонна сэмэй бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Иванова Р.Н. уонна Доранов И.Н., Дмитриева А.З.,Григорьева В.В. үлэлээтибит.
Маны таһынан, Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах «Тотоойу бэлэх» диэн сүүйүүлээх оонньуу ыытыллан, биир дьааһык мас арыыта Васильева Л.С. ,биир куул үрдүк суортаах бурдук Григорьева Н.П., биир куул рис Дьячковская О. И. ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Дьячковская О.И. Уус-Майа улууһуттан сүүйдэ.
Дьэ, бу курдук Тылгыныбыт нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнүгэр Степан Аржаковка аналлаах тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Бүлүүлэр киэн туттабыт чулуу уолбутунан, кини оҥорбут үтүөлэрэ хас эмэ үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ туруохтара. Степан Аржаков сырдык аата хаһан да умнуллубатын, кэлэр кэнчээри ыччаттарга көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турдун.
Бука бары сомоҕолоһон бэйэ күүспүтүгэр эрэнэн уонна уопсай сыалы ситиһиигэ дьулуурбут биһигини саҥа ситиһиигэ тиэрдэригэр баҕарабыт. Модун Арассыыйа норуоттара бары сомоҕолоһуоҕуҥ уонна инники олохпутугар эйэлээх ыраас халлааны баҕарыаххайыҥ.

Виталина Григорьева, Тылгыны.

Владислав Иванов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Читайте дальше